Оҕо төрүүрэ – улахан дьол.

Оҕо төрүүрэ – улахан дьол.
Кини туйахпытын хатарар, удьуор утумун салҕыыр аналлаах. Күн сирин саҥа көрбүт күүтүүлээх киһичээҥҥэ тугу бэлэх уунабыт? 🎁🎈

- Үрүҥ көмүс суоска ураты бэлэх буолуоҕа🥹 Суоска бүтүннүү быйаҥнаах олоҕу, үүнүүнү-сайдыыны бэлиэтиир оһуорунан ойууламмыт. Ортотугар хаһаайынын, холумтаҥы харыстыыр «Күн ойуу» бэлиэлээх.
Сыаната 9684 солк.

- Үрүҥ көмүс куһаҕан тыынтан харыстыыр уонна араҥаччылыыр суолталаах. Бу курдук сахалыы матыыптаах үрүҥ көмүс ньуоска саха омук кэнэҕэски ыччатыгар хайаан даҕаны баар буолуохтаах☝🏻🙌🏻
Сыаната 7184 солк.

- Ионизатор. Үрүҥ көмүс иона дезинфекциялыыр, ыарыыны үөскэтэр бактыарыйаны суох гынар аналлаах. Онон маннык үрүҥ көмүс ионизатор оҕоҕо эрэ буолбакка, дьиэ кэргэҥҥэ бүтүннүү туһалыаҕа😍👍🏻
Сыаната 2349 солк.

- Тыаһатар оонньуур (погремушка). Оонньуур бүтүннүү үрүҥ көмүһүнэн кутуллубут. Ортотугар «Дөлүһүөн хатыыта» оҕо харысхалын бэлиэтэ ойууламмыт. Бу көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр күндү бэлэх буолуоҕа✨
Сыаната 7145 солк.

- «Биэс харах» бэлиэлээх үрүҥ көмүс ньуоска хара дьайтан, куһаҕан тыынтан, киһини быһа этэр тылтан харыстыыр аналлаах🙌🏻👍
Сыаната 7293 солк.

👶🏻🤰🏻Оҕо уйата. Оҕо кутун иҥэрэр, иэримэ дьиэни иччилиир, тэлгэһэҕитин оҕо оонньуурунан толорор дьол уйата.
Сыаната 30286 солк.

УРУУ ювелирнай хампаанньа салоннарыгар күүтэбит! 🤗🫶🏻