УРУУ: Ким харысхаллаах – ол көмүскэллээх

УРУУ: Ким харысхаллаах – ол көмүскэллээх
Көмүс оҥоһук киэргэтэр эрэ буолбакка, киһини көмүскүүр уонна харыстыыр аналлаах. Урут-уруккуттан өбүгэлэрбит көмүскэ араас бэлиэлэри ойуулууллара. Бу бэлиэлэр киһини абааһыттан, куһаҕан тыынтан, ыарыыттан харыстыыр аналлаах дииллэрэ. Ол харысхаллар күн бүгүн көмүс оҥоһукка хамаҕатык туттуллаллар.

  1. Саамай күүстээх бэлиэнэн «Биэс харах» харысхал буолар. Бу бэлиэ ромб быһыылаах дэтээллэртэн турар. Үксүгэр эр дьон, уол оҕо таҥаһыгар, киэргэлигэр туттуллар. Хара дьайтан, куһаҕан тыынтан харыстыыр. Ыарыыны, алдьархайы сэрэтэр бэлиэ.

  2. «Үс кут» бэлиэ киһи үс кутун харыстыыр. Үөһээтигэр киһи өйүн-санаатын бэлиэтиир «Салгын кут», алларааттан уҥа өттүгэр майгыны-сигилини бэлиэтиир «Ийэ кут», алларааттан хаҥас өттүгэр чөл олоҕу, доруобуйаны түстүүр «Буор кут» ойууламмыттар. Киһи олорорун тухары бу үс кутун кытары дьүөрэлии, иллээхтик олоруохтаах.

  3. «Дьөлүһүөн хатыыта» оҕо харысхала. Эйиэхэ маннык ойуулаах симэхтээх буоллаххына, эн көмүскэллээх эбиккин. «Дьөлүһүөн хатыыта» бэлиэ оҕо киэргэлигэр, туттар тэрилигэр, холобура, үрүҥ көмүс ньуоскаҕа эбэтэр киэргэлгэ ойууланар. Бэлиэ оҕону хара дьайтан, куһаҕан тыынтан, ыарыыттан харыстыыр аналлаах.

  4. «Ох» - уол оҕо, эр киһи харысхала. Былыр былыргыттан эр киһи бултаан-алтаан, дьиэ кэргэнин аһынан-үөлүнэн хааччыйар. Ох саа – эр киһи булка туттар тэрилэ. Ол иһин эр киһи харысхала ох бэлиэлээх буолар.

  5. «Кыптыый» - кыыс оҕо, дьахтар харысхала. Өбүгэлэрбит кыыс оҕону харыстыырга араас ньыманы тутталлара. Кыптыый ойуулаах харысхал кыыс оҕону сытыы харахтан, абааһыттан көмүскүүр диэн ааттыллара.

  6. Эр киһи уонна кэрэ аҥаар холбостохторуна, дьиэ кэргэн төрүттэнэр. Ол иһин дьиэ кэргэн харысхалыгар ох уонна кыптыый ойууламмыттар. Бу ымыы дьиэ кэргэн сыһыанын бөҕөргөтөр, тупсарар аналлаах.

  7. Баайы-дуолу тардарга «Саһыл тумса» бэлиэлээх ымыы көмөлөһүөҕэ. Бу бэлиэ үлэҕэ, үөрэххэ, тус олоххо ситиһиини тардар.


Харысхаллаах буол!